Читаем САҤА КЭС ТЫ полностью

19 Стефан өлбүтүн кэннэ саҕаламмыт сойуолааһынтан куоппут дьон Финикияҕа, Кипргэ уонна Антиохияҕа тиийбиттэрэ. Кинилэр Таҥара тылын еврейдэргэ эрэ иһитиннэрэллэрэ. 20 Ол эрээри сорохторо, Кипртэн, Киринеяттан төрүттээхтэрэ, Антиохияҕа кэлэн, Айыы Тойон Иисус туһунан атын омуктарга кэпсээбиттэрэ. 21 Айыы Тойон күүстээх илиитинэн көмөлөһөн, үтүмэн үгүс киһи, итэҕэли ылынан, Айыы Тойоҥҥо эргиллибитэ.

22 Бу туһунан сурах Иерусалим церковыгар тиийбитигэр кинилэр Варнаваны Антиохияҕа барарга сорудахтаабыттара. 23 Варнава онно тиийэн, Таҥара кинилэргэ биэрбит илгэлээх үтүөтүн көрөн, үөрбүтэ уонна барыларын ис сүрэххититтэн Айыы Тойоҥҥо итэҕэллээх буолуҥ диэн ыҥырбыта. 24 Кини Сибэтиэй Тыыны уонна итэҕэли толору ылыммыт үтүөкэн киһи этэ, онон бэрт элбэх киһи Айыы Тойоҥҥо кэлбитэ.

25 Бу кэнниттэн Варнава Савлы көрдүү Тарска аттаммыта, кинини, онтон булан ылан, Антиохияҕа илдьэ барбыта. 26 Кинилэр сылы быһа церковка сылдьан, элбэх дьону мунньан үөрэппиттэрэ. Үөрэнээччилэр «христианнар» диэн аан бастаан Антиохияҕа ааттаммыттара.

27 Ол саҕана Антиохияҕа Иерусалимтан пророктар кэлбиттэрэ. 28 Олортон биирдэстэрэ, Агав диэн ааттаах киһи, туран, Сибэтиэй Тыын күүһүнэн өтө көрөн, аан дойду үрдүнэн улуу сут буолуохтааҕын эппитэ (ол сут Клавдий император саҕана кэлбитэ). 29 Онон үөрэнээччилэр кыахтара тиийэринэн Иудеятааҕы бырааттарыгар көмө ыытарга быһаарыммыттара. 30 Хомуйбут үптэрин Варнавалаах Савлынан пресвитердарга ыыппыттара.

12

Петр хаайыыттан дьиктитик босхолонуута

1 Ол саҕана Ирод ыраахтааҕы күөмчүлээн, церковь сорох дьонун сойуолаһан барбыта. 2 Кини Иоанн быраатын Иаковы болотунан кэртэрэн өлөртөрбүтэ. 3 Иудейдар санаалара көнньүөрбүтүн көрөн, Петры эмиэ хаайбыта. Бу Көтөхтөрүүтэ суох Килиэп бырааһынньыгын саҕана этэ. 4 Кини Петры, туттаран, хаайыыга уктарбыта уонна Паасха кэнниттэн норуот иннигэр дьүүлгэ таһаараары, түөртүү киһилээх түөрт симиэнэ харабылы туруоран, маныырга дьаһайбыта. 5 Петр хааллан олорор кэмигэр церковь, кыһаллан туран, кини туһугар Таҥараҕа үҥпүтэ.

6 Ирод кинини дьүүллүү таһаарыахтаах күнүн иннинээҕи түүн Петр, икки буойун ыккардыгар икки сыабынан бохсуллан, утуйа сыппыта, харабыллар ааҥҥа манаан тураллара. 7 Эмискэ Айыы Тойон Аанньала баар буолбута, хаайыы иһигэр сырдык сыдьаайбыта. Аанньал Петры өттүккэ анньан уһугуннаран баран: «Тура оҕус», – диэбитэ. Петр илиитин бохсубут сыаптар төлө барбыттара.

8 «Кургун баан, атаххын кэт», – диэбитэ Аанньал.

Петр кини эппитин толорбута. Онтон Аанньал: «Таҥнан миигин батыс», – диэбитэ.

9 Аанньал тугу гынара дьиҥнээҕин-дьиҥэ суоҕун билбэккэ эрэ, көннөрү көстүү эрэ быһыылаах диэн саныы-саныы, Петр тахсан батыһан испитэ. 10 Бастакы икки харабылы ааһан, куоракка тахсар тимир ааҥҥа тиийэн кэлбиттэригэр аан бэйэтэ аһылла биэрбитэ. Тахсан куорат биир уулуссатын ааһалларын кытта, Аанньал эмискэ суох буолан хаалбыта.

11 Дьэ онно Петр өйдөнөн кэлбитэ: «Билигин чахчы көрдүм: Айыы Тойон Аанньалын ыытан, миигин Ирод илиититтэн уонна иудей норуота эрэммит былаҕайыттан быыһаан ылла».

12 Тула өттүн көрүнэн баран, кини Марк диэн ааттаах Иоанн ийэтэ Мария дьиэтигэр элбэх киһи мустан үҥэ олороругар тиийбитэ. 13 Петр олбуор аанын тоҥсуйбутугар Рода диэн дьиэ үлэһитэ кыыс ким кэлбитин билэ тахсыбыта. 14 Кыыс Петр куолаһын билэн, үөрүүтүттэн олбуор аанын да аспакка, дьиэҕэ төттөрү сүүрэн киирэн: «Таһырдьа Петр турар!» – диэбитэ.

15 Онуоха анарааҥҥылар: «Өй-мэй буолбуккун ээ», – дэспиттэрэ. Кыыс эппитин этэ турбута. «Аанньала сылдьар эбит», – диэбиттэрэ онуоха.

16 Петр тохтообокко тоҥсуйа турбута. Ааны дьэ аһан, кинини көрөн бары олус соһуйбуттара. 17 Кини саҥарымаҥ диэн илиитинэн бэлиэ биэрэн баран, Айыы Тойон хайдах кинини хаайыыттан таһаарбытын кэпсээбитэ итиэннэ: «Бу туһунан Иаковка уонна бырааттарбытыгар иһитиннэрээриҥ», – диэт, тахсан атын сиргэ барбыта.

18 Сарсыарда, Петр мэлийэн, буойуннар аймалҕан бөҕө буолбуттара. 19 Ирод, Петры көрдөөн булбакка, харабыллары, доппуруостаан баран, өлөрөргө уурбута. Бу кэнниттэн кини Иудеяттан Кесарияҕа баран олорбута.

Ирод өлүүтэ

20 Ирод Тирдээх Сидон олохтоохторугар улаханнык уордайбыта. Кинилэр аһы-үөлү ыраахтааҕы уобалаһыттан ылар буолан, бары биир санаанан киниэхэ тиийбиттэрэ уонна үрдүкү үлэһитин, Власты, бэйэлэрин диэки тардан, эйэлэһэргэ көрдөспүттэрэ.

21 Болдьохтоох күнүгэр Ирод ыраахтааҕылыыр таҥаһын кэтэн, үрдүк олоҕор олорон баран, олохтоохторго тыл эппитэ. 22 «Бу киһи этиитэ буолбатах, Таҥара этиитэ!» – диэн норуот саҥа аллайа турбута. 23 Таҥара албан аатын бэйэтигэр ылыммытын иһин, сонно Айыы Тойон Аанньала ыарыынан сууһаран, Ирод чиэрбэҕэ быһа сиэтэн өлбүтэ.

24 Таҥара тыла улам үүнэн, тарҕанан-тэнийэн испитэ. 25 Варнавалаах Савл соруктарын толорон, Марк диэн ааттаммыт Иоанны илдьэ Иерусалимтан Антиохияҕа төннүбүттэрэ.

13

Варнавалаах Павелы сорукка ыытыы

Перейти на страницу:

Похожие книги