Читаем САҤА КЭС ТЫ полностью

12 Биһиги Христос өлбүттэртэн тиллибитин туһунан иһитиннэрэ-кэпсии сырыттахпытына, хайдах эһигиттэн сорох дьон өлбүттэр тиллибэттэр диэн этэр буолалларый? 13 Өскөтө өлбүттэр тиллибэт эбит буоллахтарына, ол аата Христос эмиэ тиллибэтэх, 14 оттон Христос тиллибэтэх буоллаҕына, ол аата биһиги сымыйа сураҕы иһитиннэрэбит, ол аата эһиги эмиэ халтайга итэҕэйэҕит[406]. 15 Өлбүттэр тиллибэт буоллахтарына, биһиги Таҥара туһунан, Кини отой да тилиннэрбэтэх Христоһун тилиннэрбитэ диэн туоһулааммыт, сымыйа туоһулар буолан тахсабыт. 16 Өлбүттэр тиллибэт буоллахтарына, ол аата Христос эмиэ тиллибэтэх, 17 оттон Христос тиллибэтэх буоллаҕына, ол аата эһиги суоҕу итэҕэйэҕит: эһиги өссө даҕаны буруйгутун-аньыыгытын сүкпүтүнэн сылдьаҕыт. 18 Оччотугар Христоска итэҕэллэрин ыһыктыбакка эрэ өлбүттэр эмиэ суорума суолламмыттар. 19 Биһиги эмиэ бу олохпутугар эрэ Христоска эрэнэр буоллахпытына, ол аата кимнээҕэр да дьоло суох дьоммут.

20 Ол эрээри Христос өлбүттэртэн тиллибитэ, уһун ууларын утуйбуттартан аан бастакынан турбута. 21 Тоҕо диэтэххэ, киһиттэн сылтаан өлөр өлүү кэлбит буоллаҕына, ол курдук эмиэ өлбүттэр Киһиттэн сылтаан тиллиэхтэрэ. 22 Адамҥа кытыктаахтар бары өлөллөрүн курдук, Христоска кытыктаахтар бары тиллиэхтэрэ. 23 Хас биирдии киһи бэйэтин тустаах кэмигэр тиллиэҕэ: аан бастакынан Христос тиллибитэ, онтон Кини кэллэҕинэ, Христос дьоно тиллиэхтэрэ. 24 Дьэ онтон Кини Саарыстыбатын Аҕатыгар – Таҥараҕа – туттардаҕына, бары дьаһалтаны, бары былааһы, дьайар күүһү самнардаҕына, бүтэр уһук тиийэн кэлиэҕэ. 25 Таҥара Кини өстөөхтөрүн барыларын атаҕын анныгар самнаран биэриэр диэри Христос ыраахтааҕылыахтаах. 26 Онтон бүтэһик өстөөх, өлөр өлүү, бахтайыаҕа, 27 тоҕо диэтэххэ, Таҥара баары бүттүүнүн Христоска бас бэриннэрэн атаҕын анныгар ууран биэрбитэ. Баары барытын Киниэхэ бас бэриннэрдэ диэн суруллубут буоллаҕына, ол аата барыны бары Киниэхэ Бэриннэрээччиттэн ураты барыта бас бэриммитэ дьэҥкэтик өйдөнөр. 28 Оттон Таҥара баары бүттүүнүн Киниэхэ бас бэриннэрдэҕинэ, оччоҕо аны Уола Бэйэтэ эмиэ баары бүттүүнүн Киниэхэ Бэриннэрээччигэ бас бэриниэҕэ, оччоҕо Таҥара бар дьоҥҥо барытыгар барытынан буолуоҕа.

29 Онтон атын эбитэ буоллар, өлбүттэр тустарыгар дьон тоҕо сүрэхтэниэ этилэрэй? Өлбүттэр букатын тиллибэт буоллахтарына, оччотугар өлбүттэр тустарыгар туох инниттэн сүрэхтэнэллэрий? 30 Оччотугар биһиги эмиэ туох иһин чаас аайытын алдьархай айаҕын өҥөйөбүтүй? 31 Бэйэм туспунан эттэххэ, өлүү айаҕын күн аайы өҥөйөбүн. Бу туһунан, бырааттарыам, Айыы Тойоммут Христос Иисус иннигэр эһигинэн киэн туттар үөрүүбүнэн туоһулуубун. 32 Киһи сиэринэн толкуйдаатахха, өлбүттэр тиллибэт буоллахтарына, мин Ефескэ адьырҕа кыыллары кытта охсуһаммын тугу туһаммыппыный? «Сарсын өлүөхпүт турдаҕа, онон кытаатан аһаан-иһэн хаалыаҕыҥ!» Оннук дуо? 33 Албыҥҥа киирэн биэримэҥ! «Куһаҕан доҕоттордуун куодарыстахха, хаарыан быһыы-майгы сатарыйар»[407]. 34 Онон өйгүтүн-төйгүтүн булунан, аньыыны оҥороргутун тохтотуҥ. Баҕар, саатыаххыт да буоллар, этэбин: эһигиттэн сороххут Таҥараны билбэт.

Саҥа эппит-сииммит хайдах буолуой?

35 Ол гынан баран ким эмэ: «Өлбүттэр хайдах тиллиэхтэрэй? Тилиннэхтэринэ, хайдах эттээх-сииннээх кэлиэхтэрэй?» – диэн ыйытыа. 36 Оо, толкуйа суох! Ыһар сиэмэҥ, өлбөтөҕүнэ, тиллиэ суоҕа буолбаат? 37 Ыһаргар эн бүтүн үүнээйини буолбакка, сыгынньах туорааҕы, сэлиэһинэйи дуу, атын туорааҕы дуу ыһаҕын, 38 ол эрээри Таҥара ол сиэмэни хайдах баҕарарынан эттиир-сиинниир, хас биирдии сиэмэҕэ туспа эти-сиини биэрэр. 39 Хамныыр харамай этэ-сиинэ барыта атылыы буолбатах: киһи этэ-сиинэ туһунан, сүөһү этэ-сиинэ туһунан, балык киэнэ туһунан, көтөр киэнэ эмиэ туһунан. 40 Халлаан эттиктэрэ бааллар, сир эттиктэрэ эмиэ бааллар: ол эрээри халлаан эттиктэрин килбиэнэ туспа, сир эттиктэрин килбиэнэ – эмиэ туһунан. 41 Күн килбиэннээх сырдыга туһунан, ый килбиэннээх сырдыга туһунан, сулустар киэннэрэ эмиэ туһунаннар; сулус даҕаны атын сулустартан кэрэ көстүүтүнэн уратылаах буолар.

42 Өлбүттэр тиллэллэригэр эмиэ ол курдук буолуоҕа: өлөн-сүтэн буорга угуллар – өлбөт-сүппэт аналлаах туран кэлэр; 43 буорайан-буомтуйан буорга угуллар – албан аатыран туран кэлэр; мөлтөөн-ахсаан буорга угуллар – күүһүрэн-уоҕуран туран кэлэр; 44 эт-хаан айылҕалаах эттик буорга угуллар – духуобунай эттик туран кэлэр. Эт-хаан айылҕалаах эттик да баар, духуобунай эттик да баар. 45 Суруйууларга «бастакы киһи Адам тыыннаах дууһа буолбута» диэн суруллубута, оттон бүтэһик Адам олоҕу биэрэр тыын буолар. 46 Ол эрээри духуобунай хаһан да урутаабат, маҥнай эт-хаан айылҕалаах кэлэр, ол эрэ кэнниттэн духуобунай кэлиэхтээх. 47 Бастакы киһи сирдээҕи буолан сир-буор састааптааҕа; оттон иккис киһи – халлаантан кэлбит Айыы Тойон[408]. 48 Сиртэн-буортан турар киһи хайдах этэй да, сирдээҕилэр эмиэ оннуктар; Халлаантан кэлбит хайдаҕый да, халлааннааҕылар эмиэ оннуктар; 49 хайдах биһиги сирдээҕи киһи мөссүөнэ мөссүөннээх этибитий да, соннук эмиэ Халлааннааҕы мөссүөнүн ылыныахпыт.

Перейти на страницу:

Похожие книги