Читаем САҤА КЭС ТЫ полностью

8 Эһиэхэ этэбин: ким эмэ Миигин итэҕэйэрин дьон иннигэр билиннэҕинэ, кинини Киһи Уола эмиэ Таҥара Аанньалларын иннилэригэр билиниэҕэ; 9 оттон Миигиттэн дьон иннигэр киэр хайыспыт киһиттэн Кини эмиэ Таҥара Аанньалларын иннилэригэр киэр хайыһыаҕа. 10 Ким Киһи Уолун холуннарбыт, ол бырастыы гыныллыаҕа, оттон ким Сибэтиэй Тыыны холуннарбыт, ол бырастыы гыныллыа суоҕа. 11 Эһигини синагогаларга, тойотторго уонна үрдүкү былаастарга тутан аҕаллахтарына – хайдах хоруйдаһаргытын, тугу этэргитин тобула сатаамаҥ: 12 тугу этиэхтээххитин Сибэтиэй Тыын ол чааска үөрэтиэҕэ».

Өйө суох баай туһунан домох

13 Дьон быыһыттан ким эрэ Киниэхэ: «Үөрэтээччи! Убайбар эт, аҕабытыттан хаалбыт нэһилиэстибэни миигин кытта үллэһиннин», – диэбитэ.

14 Кини ол киһиэхэ хоруйдаабыта: «Ким Миигин эһигини дьүүллэтэ, үпкүтүн үллэртэрэ туруорбутай?»

15 Итиэннэ барыларыгар туһаайан эппитэ: «Харам буолартан сэрэниҥ: киһи олоҕо төһө баайдааҕыттан тутулуга суох».

16 Иисус кинилэргэ маннык домоҕу кэпсээбитэ: «Биир баай киһи сиригэр бурдук өлгөмнүк үүммүт. 17 „Хайыах баҕайыбыный? – дии санаабыт кини. – Бурдукпун харайар сирим суох буолла“.

18 Онтон эппит: „Хата бу курдук гыныам: бурдук уурар ампаардарбын көтүрэн, атын, өссө улахан ампаардары, туттарыам уонна туох баар бурдукпун, баайбын онно мунньуом. 19 Дьэ оччоҕо өр сыл барар баһаам баайданныҥ, онон сынньан, аһаа-сиэ, ис, көрүлээ-нарылаа дэниэҕим“.

20 Ол гынан баран Таҥара киниэхэ эппит: „Өйө суох! Субу түүн дууһаҕын ыла кэлиэхтэрэ, оччоҕо бу мунньубутуҥ кимиэхэ тиксэрий?“ 21 Таҥараҕа анаан байарынааҕар, бэйэтигэр анаан баай-дуол мунньунааччыга итинник буолуоҕа».

Сарсыҥҥы туһуттан санааҕа ылларымаҥ

22 Итиэннэ үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Ол иһин эһиэхэ этэбин: тугу аһаан-сиэн тыыннаах сылдьабыт, тугу таҥнан-саптан киһи-хара буолабыт диэн санааҕа ылларымаҥ. 23 Олоххут астааҕар, эккит-сииҥҥит таҥастааҕар ордуктар. 24 Суордары көрүҥ: бурдук ыспаттар да, быспаттар да, баай да мунньар, бурдук да уурар ампаардара суох, ол эрээри кинилэри Таҥара аһатар, оттон эһиги көтөрдөөҕөр төһөлөөх ордуккутуй? 25 Уонна дьэ эһигиттэн хайаҕыт эмэ, хайдахтаах да кыһаллан-мүһэллэн туран, саатар биир тоҥолох уҥуоҕун уһатынар кыахтаах дуо?[165] 26 Итинник кыраны да кыайбат эрээри, атыныгар тоҕо эмиэ дьиксинэҕит? 27 Сардааналар хайдах үүнэллэрин көрүҥ: үлэлээбэттэр да, таҥас да өрбөттөр, ол эрээри, эһиэхэ этэбин: бэл Соломон албан аатын үгэнигэр сылдьан, итилэртэн биирдэстэрин эмэ да курдук симэммэтэҕэ. 28 Хонууга үүнэн турар бүгүн баар, оттон сарсын оһоххо быраҕыллар оту Таҥара итинник симиир буоллаҕына, оо, кэмчи итэҕэллээхтэр, эһигини өссө ордук симиэ суоҕа дуо? 29 Онон тугу аһыыбыт-сиибит диэн санааҕа ылларымаҥ, ол туһуттан дьиксинимэҥ. 30 Ити барыта – Таҥараны билбэт дьон сүрүн кыһалҕалара; оттон эһиги итиннэ наадыйаргытын Аҕаҕыт билэр. 31 Туохтааҕар даҕаны эһиги Таҥара Саарыстыбатыгар[166] дьулуһуҥ, оччоҕо ити барыта эһиэхэ бэриллиэҕэ. 32 Бараан кыра үөрэ, куттаныма! Аҕаҕыт эһиэхэ Саарыстыбатын биэриэн баҕарар. 33 Туох баайдааххытын атыылаан тиийиммэттэргэ түҥэтиҥ; хаарба буолбат хааһаҕы, бараммат баайы уоруйах тиийбэт, үөн-көйүүр сиэбэт сиригэр – Халлааҥҥа – бэлэмнээҥ. 34 Баайгыт-дуолгут ханна баар да, сүрэххит эмиэ онно буолуо.

Сэргэх буолуҥ

35 Өрүү бэлэм сылдьыҥ: кургутун курданан, сибэтиинньиккитин уматтан бэлэм олоруҥ. 36 Уруу малааһыныттан кэлиэхтээх тойонноругар, тоҥсуйарын кытта, аанын аһаары, көһүтэн олорор дьоҥҥо холоонноох буолуҥ. 37 Тойонноро кэлэригэр сэргэх олорбут кулуттар алгыстаахтар. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: тойонноро бэйэтэ курданан баран, кинилэри остуол тула олордон, ас тэрийэн аһатыа. 38 Тойон түүн үөһүгэр да, сарсыарданан да кэлэн көрдүн, кинилэр сэргэхтик кэтэһэн олорор буоллахтарына, алгыстаахтар. 39 Бэйэҕит билэҕит, дьиэлээх хаһаайын уоруйах хас чааска кэлэрин билэрэ эбитэ буоллар, утуйан хаалыа суоҕа[167], кинилэргэ дьиэтин аннын дьөлө хастарыа суоҕа этэ. 40 Эһиги эмиэ бэлэм олоруҥ: Киһи Уола эһиги үөйбэтэх-ахтыбатах түгэҥҥитигэр тиийэн кэлиэҕэ».

Итэҕэллээх уонна итэҕэлэ суох кулуттар тустарынан

41 Петр Киниттэн ыйыппыта: «Тойоммуот! Бу домоҕу Эн биһиэхэ эрэ анаан кэпсиигин дуу, барыларыгар дуу?»

Перейти на страницу:

Похожие книги