Сарсыарда, биир кыра б?тэй алааска тохтоон, аттарын а?ата ыыттылар. ?й??лэрин, буспут эти, сиэтилэр. Солуурчахха чэй ?р?н истилэр. ?т?р а?аабатах дьон аччыктаабыттар, утаппыттар. С??гэйдэриттэн сиэтилэр. Онтон к?н ортотугар диэри утуйдулар.
Киэ?э, бору?уй буолуута, эмиэ айаннаатылар. Т??н дьиэлэригэр чуга?аан баран, тыа?а тохтоон малларын ?ллэ?иннилэр. Манчаары Обу??а суккун сону, икки ылта?ын тэриэлкэни биэрдэ. Улахан сарыы саппыйа и?игэр биэс киис тириитэ, алта б??чээн ыыта баар эбит. Онтон биир киис тириитин уонна эмиэ биир б??чээн ыытын Обу??а биэрдилэр.
– Бу сырыыбытын иэгэйэр икки атахтаахха и?итиннэрэр буолаайа?ын. Мин туспунан кимиэхэ да кэпсээмэ. Этиэ? да ?л?р?н кэби?иэхпин с?п. Мин абаа?ы ки?ибин, – Манчаары Обу??а сутуругун к?рд?р?р.
– Оттон бу малбын дьоммор хантан ыллым диибиний? – Обун к?нд? малы ыларыгар ол ту?унан санаабыта.
– Бэбэ?э биэрдэ диэ. Киниэхэ дьиэ ма?а кэрдэр ???г?н буолбат дуо, – диэн Топпооску с?бэлиир.
– Дьиэ ма?ын кэрдэрбэр хаччы ылыах буолбутум.
– Бу малы эбии ?лэлээбиппэр биэрдэ диэ. Ону булан эппэккин дуо? Мин туспунан дьо??ор да кэпсээмэ. Кэпсиэ? да сэрэн, – Манчаары эмиэ сэрэтэр. Ол эрээри сирэйэ-хара?а сымна?ас.
Обун Арамаан Бэбэ?э Ыстапааннаахха кэлэн икки хонно. К?н?с тыа?а тахсан мас кэрдэр. ???с киэ?этигэр дьиэтигэр дьэ тиийэн, Бэбэ?эттэн уларсыбыт мата?атын туппутунан киирдэ. Дьоно дьиибэргээбит харахтарынан к?рд?лэр.
– Хайа то?о ы?ырбытый? Бу тугу а?аллы?? – Тиэхээн са?ата суох олорбохтоон баран ыйытар.
– Оттон Бэбэ?э биэрдэ, – Обун мата?а и?иттэн ылта?ын тэриэлкэни хостоон ылан остуолга уурталыыр. Суккун сону, б??чээн ыытын хостуур. Бэбэ?э с?бэтинэн киис тириитин ыалга хаалларбыта. Онуоха-маныаха диэри диэн.
– Тыый, нохоо, суккун сон. Сабыс-са?а. Бу тугуй, б??чээн ыыта дуу? – ийэтэ эмээхсин кэлэн б??чээн ыытын сыллаан к?р?р.
– Бу туох ааттаах к?нд? маллары биэрдэ? Тугу ?лэлэттэ? – Тиэхээн эмиэ ыйытар. Со?уйа к?р?н хара?а кэ?ээбит.
– Оттон уму?ах хастарбыта. Уонна ааспыт сайын киниэхэ от охсубутум дии, – Обун этиэх буолбут тылын этэр.
– Ол уму?а?ы саас, то??о, ха?аллар ??? дуо?
– Уолбар тутар са?а дьиэбэр хастарабын диэбитэ. Баран Бэбэ?эттэн ыйыты? да?аны.
– Тугу-тугу кэпсээн эрэр ки?и буоллу?, – Тиэхээн т?нн?г? к?р?н ылар.
Обун санаатыгар, дьоно Манчаарыны кытта сылдьыбытын сэрэйдилэр. Туох эрэ б?р?к?тэ суох бы?ыыга т?бэспит дьон курдук буоллулар. ??рб?т бы?ыылара биллибэт.
Сарсыарда туран Тиэхээн инитин олуйан-молуйан ыйытта. Обун т?р?т да му?кук, к?н? му?утаан, ыктаран билиннэ. Барытын кырдьыгынан кэпсээтэ. Дьоно кини кэпсээниттэн с?рдээ?ин куттаннылар. Уоллара туох эрэ улахан буруйу о?орбутун курдук саныыллар. Дьиэ?э киирэн, к?рд?рб?т?нэн туран, баай ыал малын-салын халаа?ын диэн, икки атах истибэтэх суола. Улахан буруй, айыы, саат-суут.
Тиэхээн к??лгэ баран туутун к?р?н кэллэ. Онтон ?тэ?элээх балык бу?ан к?н?ск? а?ылыктарыгар олордулар.
– Тыыллыма?а бара??ын Даркы Дьаакыпка бу малы барытын т?нн?р. Уонна ата?ар ??э??ин буруйга-сэмэ?э тиэрдимэ диэн к?рд?с, – дьиэлээх дьахтар Ылдьаана санаатын т?м?г?н эригэр Тиэхээ??э и?итиннэрэр.
– Оттон оччо?о Манчаары уолбутуттан сити?иэ суо?а дуо? Кимиэхэ да кэпсээмэ диэн сэрэппит буолбат дуо, – Тиэхээн кыынньыбыт сылаас ??ттэн сыпсырыйар.
– Кырдьык, ити ки?и уолбутун ?л?р?н да кэбистэ?инэ к???лэ, – эмээхсин эбэн биэрэр.
– Оччо?о хайдах буолабыт? Торбос сонноох сылдьан эмискэ суккун сонноннохпутуна дьон хантан ыллахтарай диэхтэрэ, – Ылдьаана Тиэхээн диэки к?р?р.
– Онуоха-маныаха диэри кистээн кэби?эр инибит. Оттон б??чээн ыытын куоракка ыытан атыылаттарыахпыт. Б??чээн ыыта ыарахан сыаналаах буолуо.
– Бу ки?и аны ?п сиэри гынна дии. Тыалынан киирбит ?п холоругунан тахсар диэн ?с хо?ооно баарын умунну? дуо?
– Би?и уолбут дьону халаспатах. К?нн?р? сирдьит, та?а?асчыт буолбут. Ол аата ?лэлээн ылла?а дии. Икки атах онноо?ор буолуох айыыны о?орор ини.
– Манчаары кэлэн эмиэ уолбутун илдьэ барара буолуо. Бэбэ?э бэдэр мэйии бэйэтэ барсыа дуо, би?и уолбутун уган биэрдэ?э.
– Бэбэ?э халбархай ки?и. Ол уруккуттан биллэр.
Обун убайыттан Тиэхээнтэн уон сылынан эдэр. О?о эрдэ?иттэн а?а туппут ки?итэ. Убайа тылынан-???нэн да?аны ба?ыйар. Уол киэ?э ?лэтиттэн кэлбитигэр убайа мас-таас курдук эттэ:
– Аны Манчаары кэлэн онно-манна ы?ырда?ына олох барсыма. Дьону халыыр, талыыр диэн, ?рд?к та?ара?а айыы, бар дьо??о саат, чолобууда суукка буруй буолар. Манчаары тутуллан хаайылынна?ына, эн эмиэ хаайыллыа?. Оччо?о ойох ылыах буолбут кыы?ы? кэлиэ суо?а. Ону ?йд??. Та?ыйда?ына да?аны тулуй. Эр ки?и буолла?ы? дии.
Ыаллар сайылыктарыгар к???н кэлбит са?алара и?илиннэ. Биир ?т?? к?н Б??т?ччээн, са?атык со?ус даба ырбаахытын кэтэн, Б?р?нэйгэ барда. Онно ата?ын Охоноон уолу к?рс??хтээх.
Сайылык, алаас э?ин ??н??х сир симэ?инэн киэргэнэн, олус тупсубут. Кинилэр кыара?ас ыырдарыгар холоотоххо, алаас сир хонуута киэ?э, ки?итэ-с????тэ элбэ?э, ?т?? дойду буолла?а. К??рэгэй чыычаах са?ата дьырылас.