Ыраах Ходоро нэ?илиэгин сирэ-дойдута. Дьада?ы ыал туса?атыгар туох элбэх к?р??-ха?аа, тутуу диэн кэлиэй – кыбыы, дал, тилэ?э тутуллубут хотонноох бала?ан уонна ампаар эрэ к?ст?р.
Дьиэ и?игэр киирдэххэ тирии имитэр талкы, ?с атахтаах т?г?р?к остуол, а?ыйах олоппос баар. Ха?ас оро??о ыа?астар, кытыйалар, чабычах, быдараах, хобордоох э?ин к?ст?р. Холумта??а уот т?л?н?гэр хараарбыт алтан чаанньык ууруллубут. О?ох чанчыгар собохтоох кэлии хоройор. Сы?а?а ороннорун ба?ыгар утуйар та?астара ч?м?хт?? хомуллубут. Кэтэ?эриин орон быыстаах. Уонна атын туох да ки?и ки?иэхэ кэпсиир дьиэ тэрилэ к?ст?бэт.
Бу Мэлитэр Тиэхээн диэн ки?и дьиэтэ-уота. Ыал ?ксэ дьада?ы буолан, син дьон тэ?инэн сананан олороллор. Т??рт ыанар ынахтаахтар, а?ыйах субан с????лээхтэр, аттаахтар, о?устаахтар. Тиэхээн уоннарыттан тахсыбыт уоллаах кыыс о?олоох. Кинини кытта инитэ Обун Арамаан диэн сулумах ки?и олорор. С??рбэ сэттэтигэр диэри ойо?о суох сылдьар. Биир ыал кыы?ын ойох ылыах буолан кэпсэппитэ да, халыымын кыайан булан ситэ т?л??б?кк? с?г?ннэрэн а?ала илик.
Халыым харчыта булаары, Бэбэ?э Ыстапааннаах диэн сэниэ ыалга дьиэ ма?а кэрдэр. К?н?с ол ки?и сылдьан «сарсын киэ?э кэлэн хоннун» диэн этэн ааспыта.
Киэ?э, а?аары олордохторуна, Обун киирэн, ?й?? а?ын тутан илпит и?итин ха?ас диэки илдьэн уурда.
– Бэбэ?э сылдьан эйигин сарсын киэ?э кэлэн хоннун диэбитэ, – Тиэхээн сонунун и?итиннэрэр.
– Туохха бэ?ирдэ?эй? – дии-дии дьиэлээх дьахтар, Ылдьаана, кус этин хоторор.
– Байар иннигэр маска эрэ ыттыбатах ки?и. Бука тугу эмэ соруйаары ы?ырбыта буолуо.
– Кэпсэтиилээх ?лэм мас кэрдиитэ. Онтон атын улахан ?лэ?э мээнэ соруйбат ини, – Обун остуолга олорон, а?аары, кытыйалаах кус этин чуга?ата тардар.
– Кыра сорудах буолла?ына т?тт?р? этимэ. Санаатын таптаххына кэлин аахсар са?ана ту?алаах буолуо.
Сааскы халлаан уларыйымтыа. Сайын кэлбитин курдук а?ыйах к?н итийэн баран, дьыл о?у?а алыс эрдэ ититтим диэбиттии тыалыран, тымныйан, хаардаан да ылааччы. Ол эрээри кэлэн эрэри туох тохтотуой, былыта дьай?аран халлаан арылынна?ына, итии к?ннэр сыыйа кэлэллэр.
А?ыйах к?н тымныйан, тыалыран баран халлаан к?н??х курдук буолбут. Обун Арамаан к?н?ск? ?лэтин кэнниттэн Бэбэ?э Ыстапааннаахха барда. Сир аайы уу тахсан килэйбит, бадарааннаах. Этэрбэ?ин сытытымаары, онон-манан эргийэ хааман ыалга кэллэ.
Дьиэлээх ки?и ?лэ?итин ?ч?гэйдик к?р?стэ. Т??? ма?ы бэлэмнээбитин ыйытала?ар. Сэниэ ыал бы?ыытынан астара ?ч?гэй. Били??э диэри эт сииллэр эбит.
Обун Арамаан ыалыгар хонно. Дьиэлээх ки?и сарсыарда туран а?аан баран ханна эрэ барда. Обу??а «ханна да барыма, сотору кэлиэм» диэбитэ.
Бэбэ?э, кырдьык, ?р буолбата. Дьиэтигэр киирэн, хоно?отун ы?ыран тыа?а та?аарда. Тугу да са?арбат. Обун «тыа?а тугу эрэ ?лэлэтээри гынна?а дуу» дии санаата.
Тыа са?атыттан чугас, ?с ы?ыырдаах ат бааллан турар эбит. Ол та?ыгар икки ки?и олорор. Биирдэрин билэр – Топпооску Ньукулай диэн Тара?ай нэ?илиэгин ки?итэ. Урут кинини Бэбэ?элээххэ сылдьан к?р?р?. Оттон икки?э – мааны та?астаах, кини билбэт ки?итэ.
– Топпооскуну билэр инигин? – Бэбэ?э о?ону сиэтэр курдук Обуну илиититтэн сиэтэн олорор дьон иннилэригэр а?алар.
– Билэбин, – Обун, тугу эрэ сибикилээн билэн саллыбыт ки?и курдук туттан, аллара к?р?н туран са?арар.
– Бу Манчаары Ба?ылай диэн ки?и. Истибити? дуо?
Обун мааны ки?ини к?р?н а?арда. Иннигэр чугас ба?айы киэ? харахтаах, биллэ-биллибэт эбирдээх сирэйдээх ки?и олорор. Уол эмиэ т?б?т?н санньытан баран аргыый са?арар:
– Истибитим.
– Эн кинилэри кытта барса?ын. Тыыллыма?а диэри сирдээн биэриэ?, – Бэбэ?э хамначчыт уолугар сорудах биэрэр ки?и курдук этэр.
– Мин онно барар суолу билбэппин, – Обун т?б?т?н илгистэр.
– Сымыйалаама! С???? ??рсэн Тыыллыма?а барса сылдьыбыты? буолбат дуо?!
– Биирдэ эрэ сылдьыбытым. Суолу ?ч?гэйдик билбэппин.
Эмискэ Манчаары ойон туран ынан кэлэн Обуну кэннинэн чугурутар.
– Барбат буоллаххына мин эйигин атыннык тыыннарыам! – Манчаары сирэйэ-хара?а уларыйбыт. Суо?ар к?р??нэммит.
– Ыл, ?ч?гэй а?айдык сахсыйа т??эн биэр. Оччо?о д?б??н?к сы?ыйыа, – Топпооску эбэн биэрэр.
– Ээ, до?оор, куттаныма. Эн суолларын эрэ ыйан биэриэ?, – Бэбэ?э эрэ дэмнээхтик са?арар.
Обун мух-мах баран с?б?лэспит курдук буолла. Манчаары Бэбэ?эни тэйиччи илдьэн тугу эрэ сибигинэстилэр. Ити икки ардыгар Бэбэ?э дьахтара улахан тууйаска с??гэй тутан а?алла. Ону барааччылар истилэр. Бэбэ?э и?испэтэ.
Аттар холуннарын чи?этэн баран мииннилэр. Обуну сур акка олортулар. Бэбэ?э хаалла.
Обун Арамаан бастаан и?эр. Манчаары саалаах, батыйалаах. Топпооску то?о эрэ хотуурун туо?унан суулаан баран ы?ырда сылдьар. Оттон Обу??а кыыннаах бы?а?а эрэ баар.
Манчаары баран и?эн Обунтан Тыыллыма баайа Даркы Дьаакып ханна олорорун ыйыппытыгар ки?итэ «билбэппин» диэтэ. Са?ата суох айаннаан истилэр.
Кус элбээбит. Э?ин бэйэлээх ??н??х-дь???ннээх кустар к??лтэн к??лгэ к?т?лл?р. Кус эрэ буолуо дуо, бараах, ч?кч??? ??рэ элбэх. Кы?ыл т??стээх талах чыычаахтара ??рдэрин баты?а биирдиилээн к?т?лл?р.