«Эһигиттэн биир киһи Миигин таҥнарыаҕа»
21
Иисус маны этэн баран, ис-иһиттэн долгуйан кэлбитэ. «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Кини, – эһигиттэн биир киһи Миигин таҥнарыаҕа».22
Үөрэнээччилэрэ Кини кими этэрин өйдөөбөккө, сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэрэ. 23 Иисус биир таптыыр үөрэнээччитэ Кини аттыгар өттүгэстээн сытара. 24 Симон Петр киниэхэ ити ким туһунан этэрин бил диэн бэлиэ биэрбитэ.25
Кини Иисуска ыкса кэлэн: «Тойонуом, ол кимий?» – диэн ыйыппыта.26
«Мин килиэби арыыга умньаан баран биэрэр киһим», – диэн хоруйдаабыта Иисус. Маны этээт, килиэп тооромоһун умньаан ылан, Симон Искариот уолугар Иудаҕа ууммута. 27 Бу тооромоһу ылаатын кытта, Иудаҕа сатана киирбитэ.Иисус киниэхэ эппитэ: «Оҥороргун оҥоро оҕус». 28
Өттүгэстээн сытааччылартан ким даҕаны Иисус киниэхэ тоҕо итинник эппитин өйдөөбөтөҕө. 29 Сорохтор, Иудаҕа харчылаах холбуйа баарын иһин, Иисус киниэхэ «бырааһынньыкка туттуохтаахпытын атыылас» диэбитэ, эбэтэр тугу эмэ дьадаҥыларга биэрэргэ соруйбута буолуо дии санаабыттара. 30 Килиэби ылаат, Иуда тахсан барбыта. Түүн этэ.Саҥа кэриэс
31
Кини тахсан барбытын кэннэ, Иисус: «Билигин Киһи Уолун килбиэнэ көһүннэ, Таҥара килбиэнин эмиэ Кини көрдөрдө, – диэбитэ. – 32 Таҥара кэрэмэн килбиэнин Кини көрдөрбүт эбит буоллаҕына, бэрт сотору Таҥара эмиэ Кини килбиэнин көрдөрүөҕэ.33
Оҕолоруом! Мин эһигини кытта бииргэ сылдьар кэмим кыра хаалла: эһиги Миигин көрдүөххүт гынан баран, иудейдарга эппитим курдук, билигин эһиэхэ эмиэ этэбин: Мин барар сирбэр эһиги кыайан тиийбэккит.34
Мин саҥа кэриэһи эһиэхэ биэрэбин: бэйэ-бэйэҕитин таптааҥ. Мин эһигини хайдах таптаабыппыный да, эһиги эмиэ ол курдук, бэйэ-бэйэҕитин таптааҥ. 35 Бэйэҕит икки ардыгытыгар таптал баар буоллаҕына, оччоҕо эһиги Мин үөрэнээччилэрим буоларгытын бары билиэхтэрэ».Петр мэлдьэһиэхтээҕин өтө көрүү
36
«Тойонуом! Эн ханна бараҕыный?» – диэн ыйыппыта Симон Петр.«Мин барар сирбэр билигин эн Миигин кыайан батыһыаҥ суоҕа, – Иисус хоруйдаабыта, – ол эрээри кэлин батыһан барыаҥ».
37
«Тойонуом! Мин билигин Эйигин тоҕо кыайан батыһыам суоҕай? – диэбитэ Петр. – Эн тускар мин тыыммын да толук биэриэм!»38
«Мин туспар тыыҥҥын толук биэриэҥ дуо? – диэбитэ Иисус. – Дьиҥ кырдьыгы эйиэхэ этэбин: бөтүүк хаһыытыан икки ардыгар, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ».14
Иисус Христос – Аҕаҕа тиэрдэр суол
«1
Эһиги дьиксиниэ суохтааххыт. Таҥараны уонна Миигин итэҕэйиҥ! 2 Аҕам дьиэтэ элбэх хостоох; оннук буолбатаҕа эбитэ буоллар, эһиги олорор сиргитин бэлэмнии барабын диэн этиэм этэ дуо? 3 Эһиги олорор сиргитин бэлэмнээн баран, эргиллэн кэлиэм, итиэннэ эһиги эмиэ Миигин кытта бииргэ буоларгыт туһугар, эһигини Бэйэбэр ылыам. 4 Оттон Мин ханна барарбын эһиги билэҕит, суолун эмиэ билэҕит[241]».5
«Тойоммуот! Эн ханна бараргын биһиги билбэппит, онон барар суолгун хайдах билиэхпитий?» – диэбитэ Фома.6
Иисус хоруйдаабыта: «Мин Суол, Кырдьык уонна Олох буолабын; Аҕабар Миигинэн эрэ кэлиэххэ сөп, атын суол суох. 7 Эһиги Миигин билэргит эбитэ буоллар, Аҕабын эмиэ билиэ этигит. Аны мантан инньэ Кинини билэҕит – эһиги Кинини көрдүгүт».8
«Тойоммуот, – диэбитэ Филипп, – Аҕаҕын биһиэхэ көрдөрөрүҥ эбитэ буоллар! Биһиги онон сөп буолуо этибит».«9
Бачча тухары Мин эһигинниин бииргэ сырыттым, ол тухары эн Миигин билбэтэххин дуу, Филипп? – диэбитэ Иисус. – Ким Миигин көрбүт, ол Аҕабын көрбүт. Биһиэхэ Аҕаҕын көрдөр диэн хайдах эн этэҕин? 10 Мин Аҕабар баарбын, Аҕам Миэхэ баарын эн итэҕэйбэккин дуо? Мин эһиэхэ этэр тылбын Бэйэм көҥүлбүнэн этэр буолбатахпын: бу барыта – Миэхэ баар Аҕам дьайыыта. 11 Эһиги Мин Аҕабар баарбын, Аҕам Миэхэ баарын итэҕэйиҥ; оттон Миигин итэҕэйбэт буоллаххытына, оччоҕо дьайыыларбын көрөн итэҕэйиҥ. 12 Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Миигин итэҕэйэр киһи Мин оҥорор дьайыыларбын оҥоруоҕа, өссө оннооҕор да улаханнары оҥоруоҕа, тоҕо диэтэххэ, Мин Аҕабар барабын. 13 Итиэннэ Мин ааппын ааттаан туран, Аҕабыттан тугу баҕарар көрдөстөххүтүнэ, Мин – Аҕа Уолунан албан аатырарын туһугар – эһиги көрдөспүккүтүн толоруом. 14 Өскөтүн Мин ааппын ааттаан туран, тугу баҕарар көрдөстөххүтүнэ[242], ону толоруом.Сибэтиэй Тыыны биэриэх буолан эрэннэрии
15
Миигин таптыыр буоллаххытына, Мин кэриэстэрбин толоруҥ. 16 Мин Аҕабыттан көрдөһүөм, оччоҕо Аҕам эһиэхэ атын Уоскутааччыны – Кини кэлэн үйэлэр тухары эһигини кытта бииргэ буоларын туһугар – биэриэ. 17 Аҕам эһиэхэ Кырдьык Тыынын – бу дойду көрбөт да, билбэт да буолан, ылынар кыаҕа суох Тыынын – ыытыа; оттон эһиги Кинини билэҕит – Кини эһигини кытта баар, Кини эһиги искитигэр буолуоҕа.