Маны Мин эһиэхэ, эһиги Миигинниин биир буолан, эйэҕэ тиксэргит туһугар, эттим. Бу дойдуга эһиги эрэйи көрүөххүт, ол эрээри эрдийиҥ: Мин бу аан дойдуну баһыйдым».
17
Иисус Христос үҥүүтэ
1
Иисус маны этэн баран, халлаан диэки үөһэ көрөн туран: «Аҕаа! Кэм-кэрдии уолдьаста, – диэбитэ. – Уолуҥ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрөрүн туһугар, Эн эмиэ Уолуҥ килбиэнин бу дойдуга көрдөр. 2 Эн Киниэхэ бүтүн киһи аймах үрдүнэн былааһы биэрбитиҥ курдук, Кини эмиэ Эн Киниэхэ биэрбит дьоҥҥор бараммат олоҕу биэриэҕэ. 3 Эйигин, соҕотох дьиҥнээх Таҥараны, уонна Эн ыыппыт Иисус Христоскун билии – бу баар бараммат олох.
4
Мин сиргэ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрдүм, Эн соруйуугун толордум. 5 Аны билигин, Аҕаа, Мин Эйиэхэ эрдэхпинээҕи, аан дойду айыллыан инниттэн баар килбиэмминэн Миигин албан аатырт.