Читаем САҤА КЭС ТЫ полностью

6 Эн бу дойдуттан Миэхэ биэрбит дьоҥҥор Эн ааккын Мин арыйдым; кинилэр Эйиэннэрэ этилэр, кинилэри Миэхэ Эн биэрбитиҥ, кинилэр Эн тылгын толордулар. 7 Эн Миэхэ биэрбитиҥ барыта Эйиэнэ буоларын кинилэр билигин дьэ өйдөөтүлэр; 8 Эн Миэхэ биэрбит тылларгын Мин кинилэргэ тиэртим; кинилэр ону ылынан, Мин Эйигиттэн кэлбиппин дьиҥнээхтик өйдөөтүлэр, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйдилэр.

9 Мин кинилэр тустарыгар көрдөһөбүн: бүтүн аан дойду туһугар буолбатах, Миэхэ Эн биэрбит дьонуҥ туһугар көрдөһөбүн – кинилэр Эйиэннэрэ буолаллар эбээт. 10 Миэнэ барыта – Эйиэнэ, Эйиэнэ эмиэ Миэнэ; Мин албан аатым килбиэнин кинилэр көрдөрдүлэр.

11 Мин хайыы-үйэ бу дойдуга буолбатахпын, Эйиэхэ баран иһэбин, оттон кинилэр бу дойдуга хаалаллар. Сибэтиэй Аҕаа! Эн Биһикки биирбит курдук, кинилэр эмиэ биир сомоҕо буолалларын туһугар, кинилэри, Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Бэйэҥ аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаа[244]. 12 Мин бу дойдуга[245] кинилэрдиин бииргэ сылдьан, кинилэри Эн аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаатым; кинилэри, Эн Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Мин харыстаан илдьэ сырыттым, онон өлөргө анаммыттан ураты кинилэртэн ким да өлбөтө. Суруйууларга этиллибит туолла.

13 Билигин Мин Эйиэхэ баран эрэбин, онон кинилэр Мин толору үөрүүбүн үллэстэллэрин туһугар, маны, бу дойдуга эрдэхпинэ, этэбин. 14 Мин кинилэргэ Эн тылгын тиэртим; Мин бу дойду буолбатаҕым курдук, кинилэр эмиэ бу дойду буолбатахтарын иһин, аан дойду кинилэри абааһы көрдө. 15 Бу дойдуттан кинилэри ыл диэн көрдөспөппүн – кинилэри хара дьайтан араҥаччылаа диэн көрдөһөбүн. 16 Мин бу дойду буолбатаҕым курдук, кинилэр эмиэ бу дойду буолбатахтар. 17 Эн кинилэри Бэйэҥ кырдьыгыҥ күүһүнэн сибэтии гын: Эн тылыҥ дьиҥ кырдьыктаах. 18 Эн Миигин бу дойдуга ыыппытыҥ курдук, Мин эмиэ кинилэри бу дойдуга ыыттым. 19 Кинилэр тустарыгар – Эн кырдьыгыҥ кинилэри сибэтии гынарын туһугар, Мин Бэйэбин Эйиэхэ аныыбын.

20 Мин кинилэр тустарыгар эрэ буолбатах, кинилэртэн истэн Миигин итэҕэйээччилэр тустарыгар эмиэ көрдөһөбүн; 21 бары биир буоллуннар, Аҕаа, Эн Миэхэ, Мин Эйиэхэ баарым курдук, кинилэр эмиэ Биһиэхэ биир сомоҕо буоллуннар – Эн Миигин ыыппыккын аан дойду итэҕэйиэхтин. 22 Эн Биһикки биирбит курдук кинилэр эмиэ биир буолалларын туһугар, Эн Миэхэ биэрбит килбиэҥҥин Мин кинилэргэ биэрдим. 23 Мин кинилэргэ баарбын, Эн Миэхэ бааргын; кинилэр эмиэ эҥкилэ суох биир сомоҕо буоллуннар; Эн Миигин ыыппыккын, итиэннэ Миигин таптыырыҥ курдук, кинилэри таптыыргын бу аан дойду билиэхтин.

24 Аҕаа! Эн Миэхэ биэрбит дьонуҥ Мин баар сирбэр Миигинниин бииргэ буолуохтарын баҕарабын; Эн Миигин бу аан дойду айыллыан инниттэн таптаан биэрбит албан аатыҥ килбиэнин кинилэр көрдүннэр. 25 Кырдьыктаах Аҕаа! Бу аан дойду Эйигин билбэтэх; оттон Мин Эйигин билэбин, кинилэр эмиэ Эн Миигин ыыппыккын биллилэр. 26 Мин кинилэр сүрэхтэригэр баарым курдук, Эн Миигин таптаабыт тапталыҥ эмиэ кинилэр сүрэхтэригэр баар буоларын туһугар, Мин кинилэргэ Эн ааккын арыйбытым уонна арыйыам даҕаны».

18

Иисус Христоһу туталлар

1 Иисус маны этэн баран, үөрэнээччилэрин кытта, Кедрон үрүйэтин уҥуордаан, сад баар сиригэр тиийэн киирбиттэрэ. 2 Кини үөрэнээччилэриниин онно үгүстүк мустубут буолан, Кинини таҥнарыахтаах Иуда эмиэ ол сири билэрэ. 3 Онон Иуда Рим буойуннарын этэрээтин, архиерейдар, фарисейдар ыыппыт харабылларын илдьэ, банаарданан, уоттанан, сэптэнэн-сэбиргэллэнэн онно тиийэн кэлбиттэрэ.

4 Иисус, Кинини туох күүтэрин билэ-билэ, утары тахсан: «Кими көрдүүгүт?» – диэн ыйыппыта.

5 «Иисус Назорейы», – дэспиттэрэ кэлбит дьон.

«Мин бу баарбын», – диэбитэ Иисус. Кинини таҥнарбыт Иуда эмиэ олору кытта турара. 6 Иисус «Мин бу баарбын» диэбитигэр кинилэр кэннилэринэн чугурус гынан, сууллан түспүттэрэ.

7 Иисус иккиһин: «Кими көрдүүгүт?» – диэн ыйыппыта.

«Иисус Назорейы», – диэбиттэрэ.

8 «Эһиэхэ эттим ээ: Мин бу баарбын, – диэбитэ Иисус. – Миигин көрдүүр буоллаххытына, атыттары тыытымаҥ, бардыннар». (9 Онон Кини «Миэхэ биэрбит дьоҥҥуттан хайаларын да сүтэрбэтим» диэн эппитэ туолбута.) 10 Симон Петр илдьэ сылдьар батаһын кыыныттан таһааран, архиерей кулутун уҥа кулгааҕын быһа охсубута. Кулут аата Малх диэн этэ.

11 «Батаскын кыыныгар ас, – диэбитэ Иисус Петрга. – Аҕам Миэхэ биэрбит иһититтэн Мин ама иһиэм суоҕа дуо?»

Иисус Христоһу архиерейга илдьэллэр

12 Рим буойуннара тойоннорун уонна иудей харабыллары кытта, бары бииргэ саба түһэн, Иисуһу кэлгийбиттэрэ. 13 Кинини бастаан Аннаҕа, ол сыл архиерей буолбут Каиафа аҕа кынныгар, илдьибиттэрэ. 14 Каиафа буоллаҕына били иудейдарга норуот туһугар биир киһи өлбүтэ ордук диэн сүбэлээбит киһи этэ.

Петр бастакы мэлдьэһиитэ

15 Симон Петр атын биир үөрэнээччини кытта Иисуһу батыһан барбыттара; ол үөрэнээччи архиерейы билэр буолан, кини Иисуһу кытта архиерей тиэргэнигэр киирсибитэ; 16 Петр тиэргэҥҥэ киирэр халҕан аан таһыгар туран хаалбыта. Онтон архиерейы билэр үөрэнээччи тахсан аан харабыла дьахтарга этэн, Петры иһирдьэ киллэртэрбитэ.

17 Халҕан ааны харабыллыыр кулут дьахтар Петртан: «Эн эмиэ ити Киһи үөрэнээччитэ этиҥ буолбат дуо?» – диэн ыйыппыта.

Перейти на страницу:

Похожие книги