Нууччалар, ханна да хоммуттарын иhин, харабыллаах хоноллор. Сааларын-сэптэрин чугас уураллар. Та?ара сэрэ?и таптыыр. Олохтоох туора биис тойонун астаах-??ллээх остуола, эйэ?эс мичээрэ албын буолуон с?п.
Этэ??э утуйан турдулар. Дьон ааттарын ыйыта-ыйыта суруйбуттарыгар, ??чэй баай «то?о суруйа?ыт» диэтэ. Дьиибэргиир, куттанар быhыылаах. Петр Бекетов ?ч?гэйдик к?рс?б?кк?т иhин диэн дьиэлээх хоту??а алтан хочулуокка о?уруо кутан биэрдэ.
Суол ыйдаран, Иэгэдэй а?атын ууhугар бардылар. Кыра аймахтарга сылдьыбаттар. Тиэтэйэллэр. Сахалар олус киэ? сиринэн ыhыллан олороллор эбит.
Иэгэдэй а?а ууhун баhылыга Модьукаан нууччалары эмиэ ?ч?гэйдик к?р?стэ. Кини Модьукааны сааhырбыт киhи диэтэххэ, б?д???н-сада?ын, бухатыыр к?р??нээ?ин с???-ытыктыы к?рд?. Саха?а да б?д??, улахан киhи баар эбит.
Аны Таатта ?рэх с?ннь?гэр олорор Баатылы ууhугар барыахтаахтар. Элбэх киhилээх улахан а?а ууhа дииллэр. Иэгэдэй а?атын ууhуттан чугас, быысаhа олороллор эбит.
Модьукаантан ол дьон туhунан ыйыталастылар. Ону а?а баhылыктара Дьинтиис баай кырдьан олорор, Но?ой Боотур баhылыыр буолуохтаах диир. Мин а?ай дэммит, ?рд?нэн ?р?? чыычаа?ы к?т?ппэт киhи ?h?.
Нууччалар баатылылар ордууларыгар чугаhаан эрдэхтэринэ, туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох ?с аттаах киhи к?р?стэ. Тылбаастатан истибиттэрэ, «мантан олох бары?» дииллэр эбит.
Биллэн турар, Бекетов онно с?б?лэспэтэ. ?ск?т?н т?н?ннэхтэринэ, ону истэннэр, ким да?аны дьаhаах т?л?? суо?а. Оччо?о олох сатамматтар.
Петр Бекетов суос бэринэ таарыйа «тойо??утугар тиийэн эти?, сэриигэ бэлэмнэнниннэр» диэн илдьиттээтэ. Кини сахалар охторуттан то?уур куйа?ынан хаххаланыахпыт, бэйэлэрин ?рэр тимир саанан ытан дьулатыахпыт диэн б?к эрэнэр. Ха?аактар адьас эдэр саастарыттан сэриилэhэ ??рэммит дьон. Онон син биир тулутуохпут суо?а диэн санаалара б???х.
Ол эрээри Баатылы ууhун дьоно олус дьаныардаахтык утарыластылар. К?н? быhа быыстала суох барбыт кыргы?ыыга уонтан тахса киhилэрин охторбуттарын кэннэ, дьэ бэринэн, тобуктуу т?hэн, илиилэрин ?р? ууннулар. Сорохторо тыа?а куоттулар. Но?ой Боотур т?г?р?йб?ттэрин кэннэ, икки баатыры кытта м?чч? т?hэн тыа?а куотта.
Нууччалартан икки киhи ?лл?. Уонча киhи бааhырда. Иилэ?эс тимир куйахтаах, охтон хаххаланар щиттээх буоланнар, элбэх с?т?к тахсыбата. Ха?аактары бэриннэрэн баран, сэриигэ кыттыбыт дьону барыларын умса сытыартаан, ?с хос тирии кымньыыларынан таhыйдылар. Дьинтиис о?онньору бэйэтин эмиэ таhыйан сордоотулар. Кэhэлтэ буоллун.
Петр Бекетов санаата т?стэ. Сир аайы маннык буолла?ына куhа?ан буолсу. Туох да бэрээдэккэ, дьаhаах т?л??ргэ ??рэммэтэх дьиикэй сахалары хайдах к?нн?рт??р? Утарыласпыт дьо??о сымнаан биэрэр эбэтэр ча?ыйбыты, куттаммыты биллэрэр олох табыллыбат. Оччо?о ким да?аны дьаhаа?ы т?л?? суо?а. Бачча ыраах сиргэ бэрт эрэйинэн кэлэн баран, дьиикэй омуктары государь кытаанах илиитигэр киллэрдэххэ табыллар. Киллэриэм диэн к??стээх санааны ылынан кэллэ?э дии. Мантан т?нн??h?лэр. Икки а?ыы хайдыhан, атын улуустарынан барыахтаах этилэр. Киhитэ а?ыйах. Со?урууттан дьон эбии кэлэллэрэ буоллар…
Бэриммит сахаларга иин хастаран, ?лб?т табаарыстарын к?мт?лэр. ?рд?лэригэр кириэс туруордулар. Т?нн?лл?р?гэр, олохтоохтору «утарыластыгыт, икки киhибитин ?л?рд?г?т» диэн буруйдаан, хонууга мэччийэ сылдьар с??h?лэрин к?рб?ттэрин барытын хомуйан, ??рэн илтилэр. Биир атыыр ??р?н эмиэ холбоотулар. Бааhырбыт аттарын са?анан уларыттылар.
Амма ?р?с киэ? хочотугар Болугур ууhун а?а баhылыга Боло К??лэкээн о?онньор улахан уолун Хомуоhу кытта олорор. Орто уолун Омоллоон боотур дьиэтэ-уота кинилэртэн чугас баар. Улахан хаhыы иhиллэр сирэ.
О?онньор дьиэтигэр олордо?уна, таhыттан кулут уол киирэн, илинтэн аттаах киhи кэллэ диэн биллэрдэ. Ону «ортоку сэргэ?э т?hэри?» диэн дьаhайда.
Аан аhыллан т??h?гэр, санныгар куйахтаах баатыр киhи киирэн с?г?р?йэр.
– Н?р??н н?рг?й!
– Н?р??н н?рг?й! Бу хайа дьуортугунуй? Хантан кэлли?? – диэн К??лэкээн ыйытар.
– Баатылы ууhа Дьинтиис баай уола Но?ой боотур ыытта. Киэ? киэлитигэр киллэрдин, тиэтэйэн иhэбин диир, – киирбит киhи аа??а туран этэр.
– Дьинтиис баай уолугар ааным аhа?ас, – диэт, К??лэкээн дьиэлээх дьахталларга ас бэлэмнииргэ соруйар.
Сотору с??рбэттэн тахса аттаах, кураахтаах саалаах, куйахтаах дьон кэлэннэр, тиэргэн иhэ туола т?hэр. Но?ой боотур дьиэ?э киирэр. Хардарыта э?эрдэлэhэллэр.
– Олорон т?спэтийэр кыах суох. Нууччалар кэлэннэр с??h?б?т?н ??рд?лэр. Ону эккирэтэн иhэбин. Эн ?т?? ааккар ??э-с?ктэ кэллим. К?м?л?с, – Но?ой кэлбит соругун быhаччы этэр.
– ??рд?лэр даа? Оттон эн бэйэлээх к?р?н тура??ын хайдах былдьатты??
– Иhэр сурахтарын истэммин и?эhэм быатын кылгатан6
к?рс?б?т?м. ?рэр тимир сааларынан то?ута ытыалаан кыайдылар. Басты? баатырдарбын ?л?рд?лэр. Кэлэн иhэммин Таатта ?рэх с?ннь?гэр олорор Нарыкаа??а уонна Кумаhа?а сылдьаммын басты? баатырдарын ыллым. Эйиэхэ эрэнэн кэллим. К?м?л?h?? диэн. С??h? ??рэр дьон айаннара бытаан буолуо.– Оо, с?р?н! Т?h? с??h?н? ??рд?лэр?
– Элбэ?и. Атыыр ??р?н эмиэ холбоотулар.