Эдэр ыраахтаа?ы а?ата патриарх Филарет (Федор Никитич Романов) поляктарга билиэн сылдьан баран, 1619 сыллаахха кэлбитэ уонна былаа?ы илиитигэр ылбыта. ?йд??х, эппиэтинэстээх ки?и буолан, сэриигэ урусхалламмыт дойдуну ч?л?гэр т??эрэргэ дьаныардаахтык туруммута.
Араллаан кэмигэр атын судаарыстыбалары кытта атыы-эргиэн тохтообута. Сэриигэ айгыраабыт ха?аайыстыбаны хайдах эмэ ?р? тардарга, туох-ханнык иннинэ тас эргиэни олохтуур наадата тирээбитэ. Оттон атын дойдуларга утары ууналлара диэн туох да суох буолбута. Хаа?ына кураанахсыйбыта.
Онон бэрт т?ргэнник киэ? Сибиир к?нд? т??лээ?ин – «сымна?ас валютаны» хомуйар сорук тирээбитэ. Ордук ?рд?к сыана?а атыыланар киис тириитигэр наадыйыы к????рб?тэ. Иэнэ-куйаара биллибэт киэ? тай?а?а, кураанах тымныы дойдуга сулууспалыы барыан ба?алаах дьону хомуйбутунан барбыттара. Хаа?ына т??? да кураана?ын и?ин, онно барааччыларга, хамнастарын харчынан уонна бурдугунан т?л??р бэрээдэги олохтоон, ?ч?гэйдик тэрийэн ыыталыырга бы?аарыммыттара.
?сс? ааспыт XV ?йэ кэнники сылларыттан са?алаан, ыраах Сибииргэ атыы?ыттар, булчуттар, баа?ынайдар барыталаабыттара. Баа?ынайдар помещик батталыттан к?рэнэн, сирдэрин былдьатан э?ин, са?а сиргэ тиийэн олохсуйаары к???лл?р?.
Ма?найгы экспедицияны ?сс? 1600 сыллаахха тэрийэн ыыппыттара. Онтон сотору иккис улахан экспедиция барбыта. Дьон сытыылара, ?с ?рг?ст??хт?р?, са?аттан са?а сири арыйан, симиэбийэ тутан, олохтоох омуктартан киис тириитин хомуйаллара. Ол сылдьан то?оллоро-хаталлара, аччыктаан-хоргуйан аара суолга ?л?лл?р?-с?тэллэрэ. Ону ол диэбэккэ, байар ту?угар онно-манна тиийтэлээн, кэлин элбээн, у?уктаах т?б?л??х мас кириэппэстээх остуруогу туталлара.
Олохтоох омуктартан сыл аайы киис тириитинэн дьа?аах хомуйар воеводстволар тэриллибиттэрэ. Т?л??б?т, к?рэнэр буоллахтарына, тойоннорун эбэтэр хары?ыктаах ки?илэрин тутан ылан аманаат диэн ааттаан хаайыыга олордоллоро. Утары ууналлара диэн о?уруо, алтан хочулуок, хор?олдьун тэриэлкэ буолара.
Воеводство тэриллибит сиригэр баа?ынайдары а?алан бурдугу ыстараллара. Промысловиктар диэн ааттанар булчут дьон ханна эмэ тиийэн симиэбийэ туттан кыстаан олорон кии?и, са?ылы бултууллара. Булчуттар туох да хамна?а суох буолан, бултаабыт т??лээхтэринэн к???л эргинэр бырааптаахтара. Арай бултаабыт т??лээхтэрин уон быры?ыанын хаа?ына?а босхо туттарыахтаахтар. То?ус уон быры?ыана воевода быспыт сыанатынан хаа?ына?а атыыланар. Булчуттар ха?ан ба?арар дойдуларыгар т?нн?р бырааптаахтара. Оттон «служилые люди» диэн ааттанар дьон хамнастаах буолан бултуур бырааптара суо?а. Толору сэрии сэптээх, куйахтаах, дьи?нээх сэрии дьоно буолаллара. Кинилэр эбээ?инэстэрэ – дьа?аах хомуйуута, наада буолла?ына, сэриилэ?ии. Кинилэри а?ынан-та?а?ынан государство хааччыйара. К???лэ суох дьиэлэригэр т?нн?р бырааптара суо?а. Бу дьон бары кэриэтэ ох саалаах ха?аактар этэ. Кинилэргэ к?м? бы?ыытынан пищаль диэн тимир саалаах стрелецтэр сы?ыарыллаллара.
1619 сыллаахха ыраахтаа?ы ыыппыт саалаах-сэптээх дьоно Енисей ?р?скэ кэлэллэр. Хайыы ?йэ биир сыл и?игэр бу ?р?с э?ээрин ба?ылыыллар. Енисей орто с?ннь?гэр остуруок туталлар. Атын суолунан хотунан кэлбит дьон Мангазейга (Таз ?рэххэ) эмиэ остуруок тутан ту?унан буруо та?аараллар.
Промысловиктар, сулууспалаахтар ортолоругар э?ин араас дьон бааллара. Сэрииттэн дойдуларыгар эргиллэн, туга да суох хаалбыт дьон сулууспа?а киирэллэрэ. Олор истэригэр эстэн хаалбыт дворяннар, боярдар о?олоро, бэл билиэ??э т?бэспит поляктар бааллара. Ороспуонньуктар саайкаларыгар сылдьыбыт харса-хабыра суох урдустар, араас авантюристар, хаамаайылар эмиэ холбо?оллоро.
Тиийиммэт-т?гэммэт ыарахан олохтон кы?арыллан кэлбиттэр да бааллара. Бары хоту дойдуга кэлэн, к?нд? т??лээ?и хомуйан байалларын санаатахтарына, утуйар уулара к?т?р, харахтара ча?ылыйа т??эр дьон. Са?аттан са?а сири арыйар, элбэ?и билэр-к?р?р эмиэ туох эрэ тартарыылаах буолааччы. Ол ту?угар т?л?нн??х с?рэхтээх хорсун эр бэртэрэ ханна тиийбэтэхтэрэ, тугу о?орботохторо баарай…
Ха?аактар олохтоох омуктартан ханна туох сир баарын, онно хайдах тиийиэххэ с?пт????н, т??? бултаа?ын, туох дьонноо?ун э?ин куруук ыйытала?аллара. Кими эмит к??стэринэн тутан ылан эбэтэр бэйэлэригэр тардан табаарыста?ан сирдьит о?остоллоро.
Сирдьитэ суох тиийиэхтээх сирдэригэр тиийбэккэ, муна сылдьан баран т?нн?лл?р? элбэх буолара. Хайаны эргийэ сылдьыбыт, суолга муна сылдьан быстарбыт т?бэлтэ элбэ?иттэн кэ?элтэ буолбуттара ыраатта. ?р?с туора салаатын ?кс?й?н к?рд?хт?р?нэ, ?рэх бастара холбо?ор куо?ахтарыгар, дул?а ?р?йэлэргэ тиэрдэн кэби?эр. Сирдьитэ суох т?? тай?а?а хайдах да сатамматтар.
Мангазейтан сылдьар промысловиктар Нижнэй Тунгуска ?рэх ???ээ ?тт?гэр тахсан, симиэбийэ туттан, бултуу сылдьаннар, то?устартан илин улахан ?р?с баарын истибиттэр. «Сылгылаах, ынах с????лээх, элбэх киистээх дойду баар ???» диэн сурах Мангазейга и?иллибит. Сахалыы билэр то?ус ки?итэ «илин» диэбитин, нууччалар «Лин» диэн ?йд??б?ттэр.