– Ээ, ити хотоммут иччитигэр ?л??лээтибит. Быйыл сайы??ыттан к?н аайы а?аппатахпытына, и?иппитигэр-хомуоспутугар ол-бу б???-са?ы хаалыыр, сылгы, с???? ку?а?анынан тамнааттыыр, – диэн хардарда о?онньор.
К?рб?? Ойуун иччи ту?унан бэркэ сэргээн сураста, ол кэннэ дьиэ эргиннээ?ини сэ?эргэ?эн баран, К?б???э хайыста:
– Дьэ, о?онньоор, э?иги дойдугут булдунан-алдынан сура?ырар ээ. Онон, бу дойдуга бачча кэлэн баран, булдуттан амсайан бардахпына табыллар. А?ыйах хонук эйиэхэ хонорбун баалаабат инигин?
– Тыый, ама, эн курдук кырдьа?а?ы, иннинэн сирэйдээ?и хоннорбот буолуохпут дуо? Эгэ эрэ буолла?а дии. Хонон, ?р??н бултаан аас, – Истиэлээх К?б?? к??-дьаа буолаахтаатылар.
Ити т??н эмиэ тарбыйахтара с?лл?н с?г?н утуппата. Сарсыарда ??ттэрин к?рб?ттэрэ: Айыы ки?итэ а?ыыр а?ыттан ааспыт.
К?н ортото К?рб?? Ойуун К?б??н? сиргин-уоккун к?рд?р диэн чугас эргин бытархай булт к?р? бардылар. Эбэ арыытыгар т??рт куоба?ы бултаатылар. Т?нн?н и?эн сынньана таарыйа уу а?албыт нэлгэтигэр олордулар.
– Б?л??н дьукааххыт тыа?ын-уу?ун и?иттим да, бэйэтин к?рб?т?м, – диэн са?алаата К?рб??. – Иччилэрим этэллэринэн, кыра быыс-хайа?ас быы?ынан уоран к?р??хтээх ???б?н. Оччо?о эрэ к?ст??хтээх ???. Оннук ??т?-хайа?а?ы мутук оннун хос быыса?ыытыгар к?рд?м. Ол утарыта остуол тардан баран, куоба?ы? этиттэн ыгыччы со?ус бу?аран уур. Онно к?рд?хп?нэ, кыайан ??рэрбин—??рбэппин бы?аарыам. Сэрэйдэххэ, э?игини дэриэтинньик буулаабыт. ?ск?т? ол дэриэтинньиги дьа?айар к?ннээх буоллахпына, мин бу улуус и?иттэн ?с хонук и?инэн атын улууска к?рээн тахсыахтаахпын. Онон, нэ?илиэктэри кэрийэн куотар ми?эбин бэлэмнээ. Оттон бэйэ?ит эмиэ малгытын-салгытын хомунан атын ыалы кытта дьукаахта?ан кыстыыргытын бэрини?. Бараргытыгар т?нн?г?-??лэ?и, ааны тэти? ма?ынан кириэстии саайан баран, бала?а??ытын уматан бараары?. Оччо?о дэриэтинньик дуу?ата э?игини баты?ыа суо?а. Чэ, ити курдук.
Ол киэ?э о?онньор, К?рб?? эппитин курдук, эмээхсинигэр куоба?ын бу?артарда. Утуйалларыгар остуолларын мутук хайа?а?ын утары тардан «хотоннорун иччитин» ?л??т?н уурдулар итиэннэ хосторугар б?кт?лэр.
К?рб?? Ойуун хапта?ын быыстаах хоско киирээт, били ??т?нэн кэтээн сытта. Тыас-уус намырыйарын кытта, хотон аана а?ылынна да, остуолга биллэ-биллибэт с??нэ к?л?к хааман кэллэ. Сандалыга турар кытыйалаах эттэн кум-хам ыстаан кимиритэн киирэн барда. Сотору со?ус к?л??н??р к?л?к и?итин кураанахтаан баран, хотонугар т?н?ннэ.
К?рб?? к?ст?бэт иччи хайда?ын-тугун билэн баран, нус-хас утуйан турда. К?н уота к????р??тэ эмиэ бэ?э?ээ??и арыыларыгар бардылар. К?б?? о?онньор тугу кэтэ?э и?эрин билэр буолан, Ойуун кэпсэтиини са?алаата:
– О?онньоор, мин кыайар кыылым эбит. Бэ?э?ээ эппитим курдук, суол была?ын тухары дьону кытта кэпсэтэн, аа?а турар гына аттарда бэлэмнэт. Эн кэлиэххэр диэри эмээхси??э до?ор буолан олоруом, к?ст?бэти хайдах гынан суох о?орору тобулуом, – диэтэ.
Н???? к?н?гэр о?онньор кы?ыны туоруур чэй, табах, бурдук була улуус киинигэр аттанна. Уонча хонон баран, биир ат сэтиилээх, култайбыт бэрэмэдэйдээх т?нн?н кэллэ. Ойуун кини туттуутуттан-хаптыытыттан барыта бэлэм буолбутун ?йд??т?, онон, дьиэлээхтэргэ тыл к?т?хт?:
– Ытык кырдьа?астар, Добдур?а ыйа буолла, эт ирбэт кэмэ кэллэ. Манна хонон-?р??н барбытым бэлиэтигэр ти?э?э?итин хастаан, чо?очута сиэх.
О?онньордоох у?ата-кэ?этэ барбакка, с????н? с??скэ охсон тэс гыннардылар да, и?иттэн, этиттэн ботуччу бу?аран бурулаттылар. К?б?? с????н? астыы с?пс?лгэнигэр сылдьан К?рб??т?н сирэйин-хара?ын кэтии сырытта. К??с оргуйа турар кэмигэр та?ырдьа утуу-субуу та?ыстылар.
– Хайа, ?сс? туох тэрээ?ин нааданый? Туох алба?ынан кыйдыыр буоллу?? – диэн дьиэлээх ыйытта.
– Ол нэмэ олох судургу эбит. Этитиилээх оруо?унан кыайдахпытына кыайабыт. Утуйар кэм чуга?ыгар тахсан аккын ы?ыырдаар. Бэйэ?ит томмот гына о?остон, ампааргытыгар тахсаары?. Сарсыарда халлаан сырдыар диэри онтон быгымаары?, – диэтэ Ойуун.
К??стэрин хоторон, а?аан, бэркэ астынан, ти?э?элэрэ ку?-наа?ын хай?аатылар. Эмээхсин и?ити-хомуо?у хомуйуор, ?л?? ас ууруор диэри К?рб?? к?м?л??к иннигэр олорон:
– Саам буора?а сиигирэн, с?г?н-са?ын тэппэт буолан хаалла. Бу оруос сиэмэтин сииги тартара таарыйа симиэххэ эрэ, – дии-дии, ылахта?ар бы?ыынан саа уо?угар туораа?ы чуумпуурунан симтэ.
К?б?? о?онньор ити кэм?э тахсан сэтиилэммит атын ы?ыырдаан кэбистэ. ?лэспиттэрин курдук, эмээхсинин киирэн соруйда:
– Истиэ, дьиэбит и?э оргуйан сылаа?а бэрт буолсу, киэ?энэн халлааммыт сылыйбыт курдук буолбут. Б?г?н тахсан ампаарбытыгар утуйуох.
Георгий Фёдорович Коваленко , Коллектив авторов , Мария Терентьевна Майстровская , Протоиерей Николай Чернокрак , Сергей Николаевич Федунов , Татьяна Леонидовна Астраханцева , Юрий Ростиславович Савельев
Биографии и Мемуары / Прочее / Изобразительное искусство, фотография / Документальное